15.10.2021
Биһиги аҕабыт аата Иван Григорьевич Монастырев диэн. Биһиги аҕабытын олус таптыыбыт. Кини олус күүстээх, бэһьиэлэй киһи. Биһиги өрүү аҕабытын кытта бииргэ сылдьабыт бултуубут, балыктыыбыт, оттуубут, сир астыыбыт. Аҕабыт бултаан кэллэҕинэ хайаан да аҕалбыт булдун көрдөрөр кэпсиир уонна кустары, кыыллар суолларын үөрэтэр. Биһиги тыаҕа сылдьарбытын олус диэн сөбүлүүбүт. Аҕабыт наар кыһыннары-сайыннары тыаҕа сылдьан бултуур буолан сир аһа ханан үүнэрин билэр. Аҕабыт массыынаҕа олорустахпытына айаннаан иһэн кэпсиир, быһаарар. Айылҕаны киртиппэккэ ыраастык, суолу-ииһи ыраастыы сылдьыҥ диэн үөрэтэр. Ыттарбытын аҕабыт бултуурга үөрэтэн булчут буолбуттара. Биһиги аҕабытын наһаа күүскэ таптыыбыт уонна убаастыыбыт. Сандал улааттаҕына аҕатын курдук буолуон баҕарар. Аҕабыт үлэлии-хамсыы сырыттахха куустээх буолаҕын, ол иһин улэлииргититтэн сүрэҕэлдьээбэт буола улаатын диир. Биһиги аҕабытынан киэн туттабыт.
Просмотров всего: , сегодня: